2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Бүгүн Олоҥхо Декадатын үөрүүлээх аһыллыытыгар Александр Николаевич Жирков, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо иккис уон сылын бэлэмнээн ыытар Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатыгар «ОЛОҤХО МЕЦЕНАТА» анал ааты туттарда.
Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата Олоҥхо уон сылын чэрчитинэн 2016 сыллаахтан 20-чэ кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыта, ону таһынан кэлэр көлүөнэҕэ аналлаах тэрээһиннэри өйөөбүтэ.